Ол курдук, Нам сэлиэнньэтин уонна Граф Биэрэгин Типография, Романовка, Душ, Туллук, Ледорез, Песчанка сөтүөлүүр сирдэринэн сылдьан ууттан сэрэхтээх буолууну хонтуруоллаатылар, сэрэтэр бэсиэдэлэри ыыттылар, буклеттары түҥэттилэр. Рейдэ түмүгүнэн 2 төрөппүккэ уонна 7 сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо сэрэтии оҥоһулунна.
Нам улууһун олохтоохторун ууттан сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт, сайыҥҥы күннэрбит дьоллоох эрэ түгэннэри бэлэхтээтиннэр.













