Сарсын, от ыйын 24 күнүгэр, 11чаастан М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар “Манчаары оонньууларын” уонна “Спортивные якутяне” Саха сирин үөрэнээччилэрин спартакиадатын кыайыылаахтарын уонна призердарын чиэстиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт!
Бэлиэ түгэнинэн Саха сирин эстрадатын чаҕылхай сулустара Лэгэнтэй, Аскалон Павлов, Күндэл, Кэскил Баишев, биир дойдулаахтарбыт “Махсыым уолаттара” вокальнай ансаамбыл эҕэрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ. Кэлиҥ, сылдьыҥ, бастыҥтан бастыҥ үрдүк ситиһиилээх күрэсчиттэрбитин уруйдуур-айхаллыыр тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылыҥ.




