Главная / Намцы / Эһиил киэн туттар биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиэхпит.

Эһиил киэн туттар биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиэхпит.

Алтынньы 17 күнүгэр улуус баһылыга Юрий Слепцов салайааччылаах үбүлүөйдээх тэрээһини ыытарга улуустааҕы хамыыһыйа мунньаҕа ыытылынна. Юрий Иннокентьевич Илья Винокуров саха норуотугар сүҥкэн оруоллааҕын, тугунан да кэмнэммэт кылааттааҕын бэлиэтээн туран, республика таһымнаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытар уонна тэрийэр хамыыһыйаны тэрийэргэ тустаах салайааччыларга сурук ыыталаан үлэни күүһүрдэргэ эттэ.

Үлэ былаанын Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын билиһиннэрэн кэпсээтэ. Үбүлүөйдээх сылы арыйыыттан саҕалаан сылы быһа ыытыллар тэрээһиннэр тула ырытыстылар, кэпсэттилэр.

Улуус баһылыга Юрий Слепцов Илья Егорович ситэ үөрэтиллибэтэх, сырдатыллыбатах үлэтин эйгэлэрин хасыһан, чинчийэн-үөрэтэн, архыыптары кытта былааннаах үлэни ыытарга сорудахтаата. Кини туһунан уһуллубут, оҥоһуллубут видеолары, киинэлэри киэҥ эйгэҕэ сырдатыыга улахан болҕомто ууруллуохтааҕын санатта. Илья Винокуров үбүлүөйдээх сылынан тутуу, тыа хаһаайыстыбатын, доруобуйа харыстабылын о.д.а. эйгэҕэ араас программаларга кыттан көхтөөх үлэни ыытыахтаахпытын эттэ.

https://t.me/namskiyulus

Поделиться:
Другие новости
Последние новости:
26 января, под председательством и.о.главы Намского улуса Анатолия Павлова состоялась очередная еженедельная планёрка с главами сельских поселений, в ходе которой главы поселений и руководители структурных подразделений обсудили актуальные вопросы социально-экономического и организационного характера.
Прокрутить вверх